Уһун суол (исполнитель: Дапсы)
Түүн үөһэ ааҥҥын тонсуйуо суолга быстарбыт айанньыт. Иһийбит тыалга сонньуйуо, көстөр санааҕа ылларан. Хос ырыата: Эн истэҕин кини көрдөһөр тылларын, Эн көрөҕүн хаалларбыт эдэр сылларын, уһун суол. Сырдаабыт хараҕын уота хараҥа дьиэҕин сырдатыа, Кутаа иннигэр олорон сыыйа кэпсээнин саҕалыа. Хос ырыата: Ханна эрэ, хаһан эрэ көрбүтүн Сырдык халлаан саҕахха сүтэн ааспытын, уһун суол.