Кэргэним Курдуккун (исполнитель: Goshta & DnJ)
Сайыҥҥы сандал саймаарар күнүн уотунан Сүрэхпэр тэлээрэн эн киирдэ5иҥ Сайа охсор сөрүүн тыал устунан Көтөн-дайан эн миэхэ кэллэ5иҥ Эйигин мин көрдүм бөлүүн түhүүр түүлбэр Онтон олус үөрдүм миэхэ көстүбүккэр Ол күнтэн ылата сүрэ5им миэнэ биир Түгэни булбата наар эйигин кэтиир.. Миэхэ эн олус кунду таас курдуккун миэхэ саамай чугас до5ор буолбуккун миигин кытары эн таптал буолбуккун миигин кытары кэргэним курдуккун... Мин сүрэ5им дууhам сордонно Эйигиттэн сылтаан сотто Ааспыт оло5ум түмүгүн суотун Биирдэ мичээрдээҥҥин соттуҥ Умуннум мин уолаттарбынаан Атаарар сыыдам күннэрбин Уубун хана утуйар түүннэрбин Онноо5ор илэ бэйэбин Со5ото5ун эн, эн киэргэтэ5ин Сэттис халлааҥҥа дылы миигин тиэрдэ5ин До5оруом истиий, сыhыаммын билиий Бу кэлэр тыллары сүрэххэр киллэриий.