"Кэбээйибин таптыыбын" (исполнитель: Ян Гуляев, Кеша Петров и Дуня Терехова)

Солко долгун күөҕүнэн
Суорҕаннанар сайыннаах,
Кырса, куобах түүтүнэн
Кырыаланар кыhыннаах,
Элбэх күөллээх, алаастаах,
Эмис собо балыктаах, -
Кэрэ кэскил кыраайбын
Кэбээйибин таптыыбын.

 

Куокуй, Сииттэ, Ньидьили -
Хойуу оттоох хочолоох,
Үүттээх, эттээх сүөһуну
Үөрдээн иитэр дьоннордоох,
Мунхаhыттаах, булчуттаах,
Бука бары эйэлээх –
Кэрэ кэскил кыраайбын
Кэбээйибин таптыыбын
Бүлүү тердун хонноҕор
Бугэн сыппыт баай газпыт
Дойдум дьолун хаҥатар
Дохсун күүhүн туhаммыт,
Сангаар чоҕун cyohyrap
Саха, нуучча махтаммыт, -
Кэрэ кэскил кыраайбын
Кэбээйибин таптыыбын.

 
Ууттан, тыаттан бултанан
Олохсуйбут ыаллардаах,
Үлэ, үөрэх суолланан
Үүнэр, сайдар ыччаттаах,
Икки өрүс тардыыта,
Илгэ-быйаҥтуоната, -
Кэрэ кэскил кыраайбын
Кэбээйибин таптыыбын.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Remember Me Zendaya  Моя Игра feat Guf инструментал Баста  Somewhere Jimi Hendrix  Italian Leather Sofa Cake  Maroon 5 one more night  На востоке на востоке что за небо без луны  Морковку  Ты только мама что я в 
О чем песня
Ян Гуляев, Кеша Петров и Дуня Терехова - "Кэбээйибин таптыыбын"?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен