Таптал киэhэтэ (исполнитель: Сиэйэ Уола)
ТАПТАЛ КИЭҺЭТЭ С. Кустуктаанап тыла Ытарҕа ый сырдыыра Ыраас сырдык уотунан Долгуйара, ыллыыра Сүрэх таптал дьолунан. Хос ырыата: Таптал кэрэ киэһэтэ: "Дьоллоох буолуҥ", — диэбитэ, Куба буолан устара, Кустуктана оонньуура. Икки сүрэх тэбиитэ Иккиэммитин кууһара, Тапталлааҕым мичээрэ Күннүү күлэ турара. Хос ырыата. Онтон ыла биһиэхэ Уоттаах төлөн сүрэххэ Олох тыыннаах ырыата Чыычаах курдук ыллаата. Хос ырыата.