Урумэччи манан ат (исполнитель: Анатолий Бурнашев)
Түөрэм үктэ туйахтаах, Төлөннөөх сындыыс тыыннаах, Үстүйэлиир сүнньүөхтээх Үүттүйэлиир күрүөнү Үрүттэрин үрдүнэн Өрөкүйэн көстөөхтүүр Үрүмэччи маҥан ат Үчүгэйин баҕаһын. Муҥурдара биллибэт Буолунайдыыр сонуокка Бурдуктарбыт ыһыыта Муҥутаахтыыр кэмигэр Бостуруоҥка тардыыга Бокуой биэрбэт уохтардаах Үрүмэччи маҥан ат Үчүгэйин баҕаһын. Барҕалара биллибэт Баһыылардаах уолбаҕа Манчаарылыыр оттору Массыынанан охсорго Бааралааҕын булбатах Барҕа баһаам барыылаах Үрүмэччи маҥан ат Үчүгэйин баҕаһын.