Тапталы харыстыам (feat MDNT) (исполнитель: Сергей Винокуров)

Олохпор киирэннин дьыл5абын уларыттын
Ейдее ду до5оруом, эйигин мин таптыырбын
Унэбин танара5а миигиттэн барыма
Еруутун бииргэ буолуох бу аан дойдуга

Айар иэйиим уьуктар барыта эн тускар
Тапталым баар буоланнын билигин мин тыынабын
Аныыбын эйиэхэ дууьам ыраас тылларын
Миигин ахтар кэмнэргэр маны аргыый истээр

Кунду кемус киьим тапталы харыстыам
Кулумурдэс уотунан суолбутун сырдатыам
Бу куустээх иэйииттэн мин алыптанан
Дууьам долгуйда, сурэ5им ыллаата

Бастакы хардыы, эн биьи иккиэн бииргэ буоларбыт
Долгуйуу-айманыы, субу иьиллэн кэлэрэ куолаьын
Харахтарын, кулэрин-уерэрин барыта кэрэтиэн
Аанньалым буолан кетеннун эн кэлбитин

Онтон ыла барбыта барыта икки сурэх бииргэ тэбэр
Онноо5ор харана сырдаата - бу кэмнэр буппэтиннэр
Суолбутун сулустар куруутун сырдаттыннар
Дьол-соргу диэн баар буоллун наар

Ыллыыр ырыаларым миэннэрэ хаьан да суппэтиннэр
Айыллан тахса турдуннар кунду киьибэр
Таптыыбын, сыллыыбын, саныыбын, куруутун ахтабын
Бу барыта эн эрэ баар буоланнын

Тулабар тымныйар эйигинэ суох
Кэлиий кууьууй миигин, кыратык уоскуйуох
Итэ5эй миэхэ эн, миэхэ эрэн
Эн эрэ баарын аттыбар миэхэ бэлэх
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
А малышка  Теперь у нас одна  Багз банни  Ой на лужку  КВА Лягушка  На другом берегу зимы  Ronaldo Fenomeno Kanhanga  Black Legion (Let Galaxy Burns) 
О чем песня
Сергей Винокуров - Тапталы харыстыам (feat MDNT)?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен