бу дойдуга кэлбитим эйигин булаары, эйигин таптаары... (исполнитель: Jeada)

билэбин эн миигин кытары ерюю бааргын
аны мин эйигин тэйиппэппин-атаарбаппын
сюрэхпэр илдьэ сылдьыам - кыымы
харыстаа миигин, мин эйигин таптыыбын
билэбин тыл этилиннэ да ол эрэн
сэгэрбэр этэбин тапталбын сэрэнэн
барыта эн тускар юрюн кюн сулустар
тулам тубуста тэйдим тулуста
ол сылаас саастан кемюс кюьюннэ диэри
кэлбитим кюндю киьибэр дьиктини кэпсээри
юердэ сырыттарбын астыныам этэ
"аттыбар суо5ун диэмэ"- оннук диэм этэ
кэмсинимэ аны мантан ыла сибэккибит
кэрэтик тыллар эн биьикки иккиэбит
бу дойдуга кэлбитим эйигин таптаары,
эйигин булаары...

киэркэй мин тулам барыта сюрэхпэр
сылааьынан туолар кэскиллэ бэлэхтээ
оло5ум миэнэ устар уу, уьун суол
ол суол тухары эн эрэ аттыбар буол
араас кюютэр ол кестюбэт аартыкка
эн ейебюл буол атыны санаабакка
олохпут биьиэнэ онкула суох буоллун
саныыр санаабыт сырдык сардана суола
эн уонна мин бу сиргэ иккиэн
урут ейдеебютюм эн мин аналым эбиккин
оло5у тупсарар сэмэй дьол кыыма
мин сюрэ5им эн тапталгынан тыынар
бу дойдуга кэлбитим эйигин булаары,
эйигин таптаары...

мин хомойор-хоргутар тюгэннэрбэр
эн эрэ тапталын ейебюл буолар до5оруом
эн сонньуйар-санаар5ыыр кэмнэргэр
аттыгар сэгэриэм мин ерюютюн баар буолуом

мин эйигин кытары до5оруом ерюю баарбын
кюьюн кемюс сэбирдэхпин, кыьын кыраьа хаарбын
санаабар эн баарын урукку олохпор
эн кюн курдук кюлюмюрдююгюн
мин эйигинэ суох бу сиргэ олоруом этэ дуо,
кими эбитэ таптыам этэ дуо?

мин хомойор-хоргутар тюгэннэрбэр
эн эрэ тапталын ейебюл буолар до5оруом
эн сонньуйар-санаар5ыыр кэмнэргэр
аттыгар сэгэриэм мин ерюютюн баар буолуом
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Tech N9ne Tormented  Tech N9ne Stamina  Tech N9ne Psycho Bitch  Tech N9ne Cursed  Tech N9ne Suicide Letters  Tech N9ne Purgatory  Tech N9ne Einstein Tech N9ne  Tech N9ne Breathe 
О чем песня
Jeada - бу дойдуга кэлбитим эйигин булаары, эйигин таптаары...?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен