Чуумпу күөх муора (исполнитель: Руслан Платонов уонна Юлиана)

Сүрэҕим сөбүлүүр, хараҕым харыстыыр,
Сырдык санаам эйигин куруутун саныыр.
Дууһам миэнэ эйигин, эйигин эрэ
Ордорон талбыта, сөбүлээн барбыта.

Чуумпу күөх муора кытыла көстүбэт,
Аттыбар эн баарыҥ-суоҕуҥ биллибэт,
Хайдаххын билбэппин таайыллыбат бэйэҕин,
Эн мин олоҕум таабырынаҕын.

Эйигин эрэ хоһуйан ыллыыбын
Бу тапталым туһунан арылхай ырыабар,
Эн ааккын эрэ, доҕоруом, аныаҕым,
Түүҥҥү сырдык халлаан сулуһун суһума.

Чуумпу күөх муора кытыла көстүбэт,
Аттыбар эн баарыҥ-суоҕуҥ биллибэт,
Хайдаххын билбэппин таайыллыбат бэйэҕин,
Эн мин олоҕум таабырынаҕын.

Сүрэҕим сөбүлүүр, хараҕым харыстыыр,
Сырдык санаам эйигин куруутун саныыр.
Дууһам миэнэ эйигин, эйигин эрэ
Ордорон талбыта, сөбүлээн барбыта.

Чуумпу күөх муора кытыла көстүбэт,
Аттыбар эн баарыҥ-суоҕуҥ биллибэт,
Хайдаххын билбэппин таайыллыбат бэйэҕин,
Эн мин олоҕум таабырынаҕын.

Чуумпу күөх муора кытыла көстүбэт,
Аттыбар эн баарыҥ-суоҕуҥ биллибэт,
Хайдаххын билбэппин таайыллыбат бэйэҕин,
Эн мин олоҕум таабырынаҕын.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Видео к песне:
Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Макс корж я выбираю жить в кайф  Demi Lovato Warrior  Demi Lovato Gotta Find You  Demi Lovato Who Will I Be  Demi Lovato Here I Am  Demi Lovato Our Time Is Here  Demi Lovato 2 Stars  Demi Lovato Let It Go 
О чем песня
Руслан Платонов уонна Юлиана - Чуумпу күөх муора?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен