Киһиэхэ - төрөөбүт дойдута (исполнитель: Валерий Ноев)
Киһиэхэ — төрөөбүт буора, дойдута Төрөппүт ийэтин кэриэтэ: Сурэхин ытатан, ыллатан, Норуот кырдьыгар үөрэтэр. Ити тереөбүт ийэ дойдубар Дьоһуннаан ыллыыр ырыам Сүрэхтэр аайы дьол уот кустугун саҕыахтын Киһиэхэ — төреөбүт сирэ, дойдута Таптыыр дьахтарын кэриэтэ: Кини дьоло, хомолтото Хоодуот, уйаҕас сүрэхтиир. Ити тереөбүт ийэ дойдубар Дьоһуннаан ыллыыр ырыам Сүрэхтэр аайы дьол уот кустугун саҕыахтын Киһиэхэ — төрөөбүт буора, дойдута Таптыыр оҕотун тэҥнээҕэ. Кини кэскилин туьугар Ити тереөбүт ийэ дойдубар Дьоһуннаан этэр тылым Сүрэхтэр аайы дьол уот кустугун саҕыахтын.