Сүрэх ыллыыр (OST #Taptal. Produced by Моисей Кобяков) (исполнитель: Өркөн)

Сүрэх ыллыыр - Өркөн

Am7...................Dm7..............
Ахтыспыт харахтар ардыгар
Em7....................C7#..........
Көрсүһээт алтыһан ылаллар,
Уот тыллар түгэҥҥэ кинилэр
Элбэҕи даҕаны этэллэр.
Харахтар сүрэххэ кэпсииллэр,
Сүрэхтэр үөрүүттэн ыллыыллар,
Бу кэрэ,бу нарын ырыаны
Ким сэргээн ыллаһан эрэрий.

хос ырыата:
Am7..........................Dm7.............
Эйигин көрөммүн мин үөрдүм,
Em7..................................C7# 
Эн курдук кими да көрбөтүм,
Эйигин эрэ мин көрдөөтүм
Көмүһүм,ону мин өйдөөтүм.

Хатыҥҥа суугунуур лабаалыын
Сиккиэр тыал сипсиһэн сэрэһэр,
Чөмчүктүү сиик буолбут таммахтыын 
Нуоҕайбыт сибэкки ыллаһар.
Икки эрэ сурэҕи ситимниир
Туох баарый бу сиргэ алыптаах,
Хаар өрүскэ күлүгэ дьиримниир, 
Баҕардар ый буолуо ол антах.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Free Flight  Не поженимся Новый Рэп Vnuk  Жаным салем  Sochi For Everybody Games Бурановские Бабушки  Danny darko stand up  Ole Guapa E Wolff Und Tangoorc Немецкое танго  Youth lagoon dropla  Дед Афанасий Отвертка в ляшку 
О чем песня
Өркөн - Сүрэх ыллыыр (OST #Taptal. Produced by Моисей Кобяков)?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен