Оторой-моторой (исполнитель: Анна Барашкова)

Ойор-сүүрэр, охсор-тэбэр
Орой-мэник мэнигийээннэрим,
Тустар-мөхсөр, холоруктанар
Дьиэ ыһааччы үлэлээхтэр.

Оторой-моторой уолаттарыам,
Күҥҥэ тэҥниир көмүс кыырпахтарыам,
Этэҥҥэ сылдьыҥ, улаатыҥ,
Үтүө-сэмэй дьон буолаарыҥ,
Кэскиллэрим - уолаттарым, 
Этэҥҥэ сылдьыҥ, улаатыҥ,
Үтүө-сэмэй дьон буолаарыҥ,
Кэскиллэрим - уолаттарым.

Улаатаҥҥыт, ыраатаҥҥыт
Үлэ-үөрэх төрдүн булаарыҥ.
Кэрэ кэскил тэринэҥҥит
Дьоллоох олохтоох дьон буолаарыҥ.

Оторой-моторой уолаттарыам,
Күҥҥэ тэҥниир көмүс кыырпахтарыам,
Кэрэ-нарын кыргыттары
Кийиит гына аҕалаарыҥ,
Хотойдорум - уолаттарыам,
Кэрэ-нарын кыргыттары
Кийиит гына аҕалаарыҥ,
Хотойдорум - уолаттарыам.

Ийэ-аҕа алгыстарын
Ылан үөрэ-көтө сылдьаарыҥ, 
Кынаттанан, кыайыыланан
Олох устун тэҥҥэ хаамсаарыҥ.

Оторой-моторой уолаттарыам,
Күҥҥэ тэҥниир көмүс кыырпахтарыам, 
Уҥа-хаҥас өттүбүттэн
Кырдьар сааспар өйүөхтэрэ
Эрэллэрим - уолаттарыам,
Уҥа-хаҥас өттүбүттэн
Кырдьар сааспар өйүөхтэрэ
Эрэллэрим - уолаттарыам,
Кэскиллэрим - уолаттарыам, 
Хотойдорум - уолаттарыам...
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Видео к песне:
Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Шёл парнишка по апушке сам не знал куда  Бла YOFu  Кто то курит или всякую хуйню несёт  Ебашу как в последний раз пневмослон  Оверлорд 3 опенинг  NO-LIMIT nika lenina 
О чем песня
Анна Барашкова - Оторой-моторой?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен