Сулустуун кэпсэтии (исполнитель: Степан Афанасьев)
1. Истиҥ сырдык сулуhум Ардах этэр тэтимин Тулуй таптыыр доҕорум Ыраах сылдьар түгэни Курдаттыыр ахтылҕан Сайыhар сүрэх ыра тардыhар Х/ы Оо, кэлиий, кэлиий, көмүhүм Тэҥҥэ-тэҥҥэ, бииргэ-бииргэ буолуох өрүү Мантан ыла таптал тыла Сүрэхтэн тахсар матыыба Хатыланыа, хатыланыа 2. Сиккиэр аргыый сипсийэн Ардах уутун ардыгар Түгэх баарын билбэтэх Халлаан аргыый айманар Уйдарар айылҕам Арыт-арыт хатыҥ айманар