Ийэкээм (исполнитель: Аскалон Павлов)

«Ийэкээм» Аскалон Павлов

1. Тыал сайа охсон сэбирдэх кыымын тамнааттыыр,
Тулабар күһүн, көмүс хаарынан үллүктүүр 
Ийэкэм тахсан соҕотох миигин көрсүһэр
Маҥан төбөтүн мин түөспэр ууран айманар.

Хос ырыа

Ытаама Ийэкээм хараҕын уутунан суунума
Эн иннигэр мин төрөппүт оҕоҥ турабын 
Ийэ Ийэкээм мин күндү киһим
Эн илиигэр мин сүрэҕим сылааһын тутабын
Ийэ Ийэкээм мин күндү киһим
Эн эрэ буолаҕын эн эрэ миэхэ соҕотох. 

2. Сэрэнэн соҕус астыйбыт баттаҕын көннөрөр
Төбөтүн көтөҕөн болҕойон миигин одуулуур
Илиибин ылан сыһыары тутар сүрэҕэр
Арай харахтар «барыма»диэн ытыыллар.

3. Тыал сайа охсон сэбирдэх кыымын тамнааттыыр,
Уҥуоххар күһүн  көмүс хаарынан үллүктүүр 
Эйигин санаан хараастан турдум мин бүгүн
Хараҕым уутун кыайан туттуна турбатым.

Хос ырыа 

Быраһаай Ийэкээм быдан дьылларга бырастыы
Ийэ сир дойду кэрэтэ аны эргийбэт
Ийэ Ийэкээм мин күндү киһим
Санаабар куруук сүрэҕим сылааһын тутабын.
Ийэ Ийэкээм мин күндү киһим
Эн эрэ буолаҕын эн эрэ миэхэ соҕотох.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Видео к песне:
Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Elvis Presley The Wonderful World Of Christmas  Elvis Presley If I Get Home On Christmas Day  Elvis Presley Holly Leaves And Christmas Trees  Elvis Presley Merry Christmas Baby  Elvis Presley Silver Bells  Elvis Presley His Hand in Mine  Elvis Presley Known Only to Him 
О чем песня
Аскалон Павлов - Ийэкээм?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен