Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)

Хас биирдии хардыыбын
Ааҕаммын хаамабын
Хас биирдии ааһар күн
Бу миэхэ күндүгүн
Кэннибэр  эдэр саас
Хаһытыы хааллаҕа
Иннибэр кырдьар саас
Сирэйэ мыччыстар

Сарсыҥҥы тахсар күн
Эрэллэ бэлэхтээ
Хараҥа устар түүн
Санаабын сааһылаа
Ситиһэр сылларбын
Ордубут олохпун
Дириҥник тыынаммын
Дьоллоохтук хаамыахпын
Көҥүллээ Көҥүллээ

Олохтон элбэҕи 
Куоттаран сүтэрэн
Хойутаан эргитэр
Кэмсинэр кыаҕым суох
Утахпын ханнаран 
Хас биирдии күннэрбэр
Омуммар төлөммөр
Чачайа иһэбин

Сарсыҥҥы тахсар күн
Эрэллэ бэлэхтээ
Хараҥа устар түүн
Санаабын сааһылаа
Ситиһэр сылларбын
Ордубут олохпун
Дириҥник тыынаммын
Дьоллоохтук хаамыахпын
Көҥүллээ Көҥүллээ

Аараттан самныма
Суллума охтума
Санаабыт санааҕын
Чолбону эн тутус
Ол үрдүк хайаҕа
Сирилээн тахсаҥҥын
Хотой кыыл буолаҥҥын
Үөһэнэн дайа көт

Сарсыҥҥы тахсар күн
Эрэллэ бэлэхтээ
Хараҥа устар түүн
Санаабын сааһылаа
Ситиһэр сылларбын
Ордубут олохпун
Дириҥник тыынаммын
Дьоллоохтук хаамыахпын
Көҥүллээ Көҥүллээ
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Teresa James  Final Fantasy Promise  Orxan deniz dunyamsan  Slam Dunk Sekai ga Owaru Made Wa  Bo moonlight icicle  Chahu Main Yaa Naa Aashiqui 2 
О чем песня
Неизвестен - Отсутствует?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен