Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
1. Атыттар курдук эн буолбатаххын, Ураты истиҥ сэмэй майгылааххын, Олус кэрэҕин килбиккин, Ону бэйэҥ даҕаны эн билбэккин. Хос ырыа: Сибэкки, сибэкки, Сүрэхпэр тыллар тыыннаах мин сибэкким, Сибэкки, сибэкки, Хайдах курдук кэрэҕин сэрэйбэккин. 2. Хомотуохпун баҕарбаппын эйигин, Олус нарыннык сылаастык саныыбын, Барыма хаалларыма эн миигин, Таптыырбын эйигин күүскэ билэбин. 3. Сүрэхпин истэбин, Эн этэр тылларгын мин сэрэйэбин, Харахпын симэммин, Эн сылаас тыыҥҥар уйдара көтөбүн. 4. Санаабын толору арыйан эппэппин, Сүрэхпин бүтүннүү аймаан кэбистин, Кэрэ кыыс эн сибэкки эбиккин, Ону бэйэҥ даҕаны эн сэрэйбэккин. припев: Сибэкки, сибэкки, Сүрэхпэр тыллар тыыннаах мин сибэкким, Сибэкки, сибэкки, Хайдах курдук кэрэҕин эн билбэккин. 5. Сүрэхпин истэбин, Эн этэр тылларгын мин сэрэйэбин, Харахпын симэммин, Эн сылаас тыыҥҥар уйдара көтөбүн.