Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
Ыал буолар күҥҥүтүгэр Ыҥырыллан кэллибит, Ытык бэлиэ кэмҥитигэр Алгыс тылын этэбит Хос ырыата: Дьоллоох буолуҥ, дьоһун-мааны ыал дэтиҥ, Үөрүү-көтүү үйэлээҕин эрэ билиҥ. Сырдык уоттаах, итии дьиэлээх Сылайбыты сынньатар, Дэлэй уйгу-сылаас астаах Кэрэхсэнэр ыал буолуҥ. Хос ырыата. Өйөһөҥҥүт-өйдөһөҥҥүт Өрүү маннык таптаһыҥ, Оҕолонон-урууланан «Ийэ-аҕа» дэттэриҥ. Хос ырыата. Доҕотторбут, дьоллоох буолуҥ, Дьоллоох буолуҥ!