Эн эрэ (исполнитель: Понсаш)
"Эн эрэ" ПонСаш 1. Эйигин санааммын бүгүн эмиэ Биир үтүө күнү халтайга атаардым мин Арай бу хоспор соҕотох хаалан Суруктаргын ааҕабын Хап-хара харахтаргар көрбүтүм Тапталынан умайар кутаа уотун Сып-сылаастык уураан ылбыппын мин Билбэтэҕим бүтэhигин Х/ы Эн эрэ буоллуҥ мин үҥэр таҥарам Эн эрэ буоллуҥ мин сүрэҕим аҥара 2. Өйдүүгүн ол кэрэ күннэрбитин Дьоллоохтук атаарбыт үрүҥ түүннэрбитин Аны кэлэн ол төннүбэт кэмнэр Мин өйбөр эрэ бааллар Нап-нарын бэйэҕин олус көрүөхпүн Баҕарбатаҕым да иhин суоххун аттыбар Тоҕо Дьылҕа Хаан маннык оҥордо Тапталбытын тоҥордо