Санаалар (исполнитель: Jeada)

Бу олохпор элэҥнээн аастылар
Күннэр-дьыллар, сыллар, кэмнэр, хонуктар. 
Мин сүрэхпин оргууйдук таарыйаллар,
Кинилэр мин олохпор баар курдуктар.

Сыл-күн элэҥнээн ааста, ол эрэн баар
Истиҥ сыhыан. Махтанабын тапталбар. (таптал баар)
Доҕотторум өрүү бааллар миигин кытта,
Бу дойдуга сылдьабын олохпун ытыктаан.
Мин күүс ылабын тулалыыр эйгэттэн,
Иэйиини ылабын олохтон бэйэтиттэн.
Аламай күн үөрдэр сарсыарда аайы.
Бу олох кистэлэҥин таайын.

Истиҥ иэйиилэри иҥэриэм тапталтан. 
Биир түгэнтэн тутабын мин дьолбун,
Үгүс араас элбэх өҥнөөх суоллартан
Мин талан ылабын бэйэм суолбун. 

Истиҥи барытын мин иҥэриниэм,
Сарсыҥҥым сырдыгар күүскэ эрэниэм.
Билигин чуумпуга сүтэр олох уустуга,
Сүтэр кини амтана суох курдуга.
Уустук, ол эрэн кэрэтэ элбэх.
Бу олох - бэйэтэ күндү бэлэх.
Итэҕэй, иннин диэки баар сырдык.
Ахтылҕан көстөр атыннык.

Эн итэҕэй - эн эрэлин эргиллиэ,
Хараҥа түүн кэннэ күммүт тахсыа,
Үөрүүн үксээн барыа, өссө эбиллиэ,
Хомолто сүрэхтэн сүтүө, арахсыа.

Барыта баар буолуо олоҕу киэргэтэн.
Дьолу булар ким дьолу эккирэтэр.
Санаа - туман, тыл диэн - тыал тэҥэ.
Эрэннэххэ барыта ааhыа этэҥҥэ. 

Бу олохпор элэҥнээн аастылар
Күннэр-дьыллар, сыллар, кэмнэр, хонуктар. 
Мин сүрэхпин оргууйдук таарыйаллар,
Кинилэр мин олохпор баар курдуктар.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Видео к песне:
Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
ГЛЮКА  Морские  Summer song  22 Taylor Swift  Justin timberlake strawberry bubblegum  Дорог  Досвиданья 
О чем песня
Jeada - Санаалар?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен