Эн уонна мин (исполнитель: Петр Иванов)

Эн уонна мин сулуспут халлаантан сырдыктык тыгар
Эн оруу буол тапталлах кэргэним мин аттыбар
Маннайгы таптал иэйиитэ  мин сурэхпэр умайар
Сырдык саннаам эйиигин орто дойдуга таптыыр

1
Коробун эн хараххар мин бэйэбин
Эйиэхэ эрэ мин тапталга билинэбин
Сурэ5им иэйиитин эйиэхэ арыйабын
Эн ырааххар мин тууннэри санааргыыбын

Утуйар уубун умуннум тууннэри ырыа суруйдум
Ол ырыабар эйиигин эрэ хоhуйдум
То5о диэтэргин эйиигин мин таптаатым
Инники олохпун барытын эйиэхэ анаатым

Бэлэхтээтим мин эйиэхэ кып кыракый киhини
Эн уонна мин курдук саха нарын кыысчаанын
Кини буолар биhиэхэ киэн туттар киhибит
Куускэ таптыыр кып кыракый о5обут

Мин дьоллоохпун диибин бу дойдуга бэйэбин
Эйиигин талбыппыттан мин отой кэмсиммэппин
Эйиигин эрэ мин олус куускэ таптыыбын
Ол эрэн кыракый киhибин умнубаппын

2
Мин эйиигин ахтабын саныыбын оруутун
Эн курдук кыыhы син биир мин булбаппын
Кордорууй миэхэ эн кэрэ мичээргин
Ахтабын мин эн тэтэркэй имнэргин

Ханна да бардарбын синэ биир таптыам
Эйиигин эрэ мин оруутун саныам
Эн миигиттэн ырааххын тулуйбаппын
Хаhан кэлэргин билбэппин ыйытабын

Тырыта тыытабын албын тапталы
Конноро сатыыбын урукку сыыhаны
Барыма миигиттэн оссо тогул кордоhобун
Ардыгар акаары курдук буккуллабын

Мин этэбин отой тулуйбаппын
Эйиигинэ суох олох олорбоппун
Бырастыы гыныый сэгээр ал5астарбын
Мин эйиигин эрэ куускэ таптыыбын
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Видео к песне:
Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Абдрахман  Антипенко  Mtaze  Аррива  Ekstezi  Кайрат нуртас баралмадым  ВитяАк 
О чем песня
Петр Иванов - Эн уонна мин?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен