Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)

Кып-кыракый илиилэр миигин кууһаллар
Хап-хара харахтар мичиҥнииллэр
Мин кыракый кыысчаныам - көмүсчээниэм
Оргуйдук сүүһүттэн сыллаан ылабын

Мантан ордук туох барыай, бу күн сиригэр
Оҕобун кууһаммын олорорум
Биирдэ кэлэр олоххо,
орто дойдуга
Дьол диэннэрэ бу буоллаҕа (2)

Мэлтэҥнээн ылара
эчи миннигэһиэн
Мичээрдээн кэлэрэ
эчи күндүтүөн
Кып кыракый бэйэтэ 
үөрүнньэҥиэн
Сибэкки кэриэтэ
эриэккэһиэн

Мантан ордук туох барыай, бу күн сиригэр
Оҕобун кууһаммын олорорум
Биирдэ кэлэр олоххо,
орто дойдуга
Дьол диэннэрэ бу буоллаҕа

Бу дьикти иэйиини,
сылаас тапталы
Эн Ийэ буолаҥҥын
билэн турдаҕа
Онно дьэ өйдүөҕүн,
миигин саныҕын 
Дьоллоохпун дэнэҥҥин бэйэн этиэҕин

Мантан ордук туох барыай, бу күн сиригэр
Оҕобун кууһаммын олорорум
Биирдэ кэлэр олоххо,
орто дойдуга
Дьол диэннэрэ бу буоллаҕа
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Я незабуду тебя никогда  Я просил у неба  29 ОМ 2011 Ассаи  Talking Heads Wild Wild Life  Talking Heads Blind  Talking Heads Hey Now  Talking Heads Papa Legba  Talking Heads Radio Head 
О чем песня
Неизвестен - Отсутствует?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен