Этимэ (исполнитель: Екатерина уонна Алексей Егоровтар)

Эн истиий, доҕоччугуом,
ыллыыр ырыам тылларын.
Эн истиий, доҕоччугуом,
ахтылҕаным иэйиитин.

Этимэ, этимэ,
быстах, ааһар, күлүм таптал диэн.
Көрдөһөбүн, үрэйимэ,
таптыыр сүрэх күүрээнин,
Көрдөһөбүн, үрүгүтүмэ,
дууһам сырдык сүүрээнин.

Мин саныыр санааларым
толорулар эйигинэн.
Мин ыллыыр ырыаларым
ананаллар эйиэхэ.

Этимэ, этимэ,
быстах, ааһар, түгэн таптал диэн.
Көрдөһөбүн, үрэйимэ
таптыыр сүрэх күүрээнин,
Көрдөһөбүн, үрүгүтүмэ
дууһам сырдык сүүрээнин.

Эн эрэ мичээргинэн
тулам тупсар, киэркэйэр.
Эн эрэ тапталгынан
дьыоҕам миэнэ дьоллонуо.

Этимэ, этимэ,
быстах, ааһар, түгэн таптал диэн.
Көрдөһөбүн, үрэйимэ
таптыыр сүрэх күүрээнин,
Көрдөһөбүн, үрүгүтүмэ
дууһам сырдык сүүрээнин.

Этимэ, этимэ,
быстах таптал диэн.
Көрдөһөбүн... х3
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Видео к песне:
Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Но она не твоя  Bahh-tee любовь это  Bauhaus silent hedges  Прости меня за все грехи  И почему то вспомнив его глаза  Бухаем  Fergie a little party never killed nobody 
О чем песня
Екатерина уонна Алексей Егоровтар - Этимэ?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен