Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
Аm Тугу этиэм этэй эhиэхэ мин? Ырыам тыла олус да сымсаата. Аm Тулабар кыыдамныыр хаар кыырпаҕын Ытыhым үрдүгэр уулларабын... Күн-күбэй Ийэбэр анааммын Арай тиэрдиэм мин үрдүк махталбын! Оҕо сааспын санаан улааппыппар, Бар дьонум алгыhын ылыммыппар. Хос ырыата: Махтанабын, махтанабын! Эйиэхэ, Күн-күбэй Ийэбэр! Махтанабын, махтанабын! Эhиэхэ, бар дьоммор! Хайыаҥ этэй алҕаhаабыт күммүн - Өр сурук суруйбатах буруйбун? Түүн-күнүс утуйбатах күннэргин Кэмсинэҥҥин кэлин кэпсээбэккин... Күн-күбэй Ийэбэр анааммын Арай этиэм мин күүстээх тапталбын! Үөрүү-хомолто диэни билбиппэр, Олох күндүтүн эн көрдөрбүккэр.