Уол оҕото (#RY14) (исполнитель: Kit Jah & Саша Лукин)
Саҥаттан салгыны эҕэрэйэммэн Эр санааны иҥэринэммэн Турунан эрэбин айаммар мээн Кэлэр кэнэҕэскигэ кэрэни тиэрдэрибэн Таптыыр киһибэр истиҥи этэрибэн Өбүгэм аатын өссө икки бүк сырдатаарыбан Кэллим бу ааты мин... ааттатаарыбан Уол оҕото... Эн да мин да бу куоракка атаскааным кэлиибит Дьылҕабытын тупсара сатаан сүүрэкэлиибит Хантан кэлиэҕэй тыа уолаттарыгар билсиһиибит Арай күүспүт-уохпут баар, бу икки илиибит Саша Лукин Бу орто дойду ортотугар, айа-тута турар... Күнтэн күн, күн аайы охсуһан, иннин туһугар Эр киһи биир тыллаах, хорсун майгылаах, харыстыыр аналлаах Хайалары² хайа тардан... айа-тута² санаабыта сатана... Туппута тупсан, ылбыта ыпсан, олоробут күн ахсын саҥаттан тыын ылан Туппута тупсан, ылбыта ыпсан олоробут саҥаттан бу орто дойдуга Уол оҕото...