Барыар туун усталлар (OST Кута) (исполнитель: 103)

Слова - Иван Арбита
Мелодия - У.Сергучева

Барыар туун усталлар 
Баһа суох ырыалар. 
Сурэхпэр мусталлар 
Тыына суох ыралар. 
Кырыктаах бириэмэ кулгаахпар кыланна: 
"Эдэрин эйиэнэ өлөргө кыранна! " 
Оччоҕо бэйэбин мин саҥа билэбин 
Олорбут уйэбин сайыһан көрөбун, 
Кэрэгэй кэскилбин киил маска кэрдэбин, 
Баар эрэ кэс тылбын барытын куурдэбин. 
Минньигэс ыранан бэйэбин албыннаан 
Үөрүүлээх ырыанан сүрэҕим айманна. 
Дьэ кэлин, дьэ кэлин, Илбистэр, Кыргыстар 
Тимириҥ, тимириҥ, оо, дьоллоох алгыстар! 
Сир муҥнаах төрүөҕэ, эн хаанын сүүрэрин 
Хараҕым көрүөҕэ, мичээрдиэ сурэ5им. 
Бириэмэ бааһырбат: ким өлүө, ким төрүө... 
Өлүн да, баҕардар - онноо5ор мин өлүөм!
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Soilwork exile  Тбили зачем  Мой ангел Алан  Смута - Мороз  Sakasama no Patema Estelle Micheau  Сапар Эркебаев  Уже прошло лет 20  Benny Bennasi 
О чем песня
103 - Барыар туун усталлар (OST Кута)?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен