Саха ырыата (Алампа Софронов А. И.) (исполнитель: Гимн якутских повстанцев)
Тыгын кырдьаҕас саҕыттан Тымыр-сыдьаан тылламмыт Тырыттыбат дьылҕалаах, Тыйыс саха аатыран Тыыллан-үөскээн иһиэҕиҥ! Үгүс-элбэх үйэлэргэ Үөрдүһэн-тардыһан үөскээбит Үрүн Дьөһөгөй өллөйдөөх, Өрөгөй-талаан үктэллээх Өбүгэ саха буолабыт! Саргы-дьаалы улааттын! Сахалыы саҥа сатараатын! Саха омук сайыннын! Уруй! Уйгу! Айхал! Урусхан-уохтаах күннэргэ Умуллан-самнан биэрбэтэх, Уруй-туску оҥоһуулаах, Одун-буурай олохтоох Урааҥхай саха буолабыт! Үлүгэр-алдьархай күннэргэ Үллэр үрдүк өрөгөйдөөх Үөмэн тиийбэт үрүттээх, Үтүө саха аатыран Үүнэн-үрдээн иһиэҕиҥ! Дүрбүөн-дарбаан күннэргэ Түһэн-охтон биэрбэтэх Төлкө-түөрэх дьүөрэлээх, Төрүт саха төрүөҕэ Төбүрүөн түмсэн турабыт! Самнан түспэт саргыга Салаллан-тэриллэн үөскээбит Сайаҕас-дьэҥкэ санаалаах Саха урааҥхай аатыран Сайдан-элбээн иһиэҕиҥ!