эйиэхэ анаан (исполнитель: Flow x Rash)
Эн киирбитиҥ мин олохпор эмискэ Соһуччу сэрэппэккэ уларыйбытым ол кэннэ, Таптал уота сүрэхпэр күнтэн күн күүһүрэр Күүтэргэ үөрэтэр куруутун эрэнэрэ, Көрүүй, эн мин диэкки мин тыыннаах сибэкким Мин ылланар иэйиим, көмүс киһим Көтүүй, миигин кытары олоҕум устун Баар буолууй дьолум - эн Халлааҥҥа сулустар биһиэхэ анаан Күлүмнүү тыгаллар суолбутун сырдатан, Эн биһи тапталбыт остуоруйатын Ырыа гынан суруйаммын мин ыллыаҕым Кэм дьыл сыл оргуйдук биллибэккэ ааһар Көстүү кэрэ нарын сырдык аналым тапталым, Күлүмүрдүүр сулуһум, тыынар салгыным эрэлим Сырдык күн кэриэтэ сыламныыр мичээриҥ, Дьэҥкир сырдык, ыраас уу санаалаах Ыраас халлааҥҥа кустуктуу дьиримниир майгылаах Минньигэс сымнаҕас кытархай дьэдьэн уостардаах, Саха нарын кысчаана..