Бастыҥ киһи (исполнитель: Аскалон Павлов)
Аскалон Павлов - Бастыҥ киһи Көрөн - истэн чолбоодуйан Этэн - тыынан эҕэрийэн эр бэрдэ Киирэн - тахсан киппэрэҥнээн Туттан - хаптан тыктараҥнаан уол оҕо Киһи киэнэ кылааннааҕа Кыайыылааҕа, соргулааҕа, сорсуннааҕа Маннык киһи өрүү бастыҥ, өрүү үөһэ, өрүү ыастаах Маннык киһи күн санаалаах, сырдык куттаах, үтүө тыыннаах Кэлэн - баран наскылдьыйан Уу долгураҥ долгуддьуйан кэрэ куо Күлэн - үөрэн күлүмүрдээн Күндэльтийэ тутум үрдээн кыыс оҕо Киһи киэнэ кылааннааҕа Кыайыылааҕа, соргулааҕа, сорсуннааҕа Маннык киһи өрүү бастыҥ, өрүү үөһэ, өрүү ыастаах Маннык киһи күн санаалаах, сырдык куттаах, үтүө тыыннаах Эппит тыла энчирээбэт Сирэй санаам эккэлээбэт уол оҕо Сүүрэн көтөн дугуйданан Сүрэх - бэлэс доҕордонон кыыс оҕо Киһи киэнэ кылааннааҕа Кыайыылааҕа, соргулааҕа, сорсуннааҕа Маннык киһи өрүү бастыҥ, өрүү үөһэ, өрүү ыастаах Маннык киһи күн санаалаах, сырдык куттаах, үтүө тыыннаах Маннык киһи өрүү бастыҥ, өрүү үөһэ, өрүү ыастаах Маннык киһи күн санаалаах, сырдык куттаах, үтүө тыыннаах Тулам миэнэ тууралаах Сүрүм миэнэ сүргэлээх Сэргээн - чуҥнаан көрөбүн Билэн - көрөн этэбин