Дьээбэ (Сана дьыл! Куннэй тыл., муз., AIO тыас-уус)))) (исполнитель: Куннэй)

Куннэй- "Дьээбэ"

Ааһар сылга араас Омук эрийэ-буруйа үнкүүтүн, 
Кыһалламмыт, сахсылламмыт бэркэ үтүктэн кэллибит. 
Оччотугар кэлэр сылга бэйэ төрүт тэтимин, 
Сүһүөхтэргэ түһэрэммит хамсанаахтаан биэриэҕин! 

Са-Са ҥа-ҥа дьыл! 
Һээдьэ, һуруйа! Дьиэрэнкэй! Оһуор үнкүү! 
Һээдьэ, һуруйа! Дьиэрэнкэй! Оһуокай тэптибит! 

Мин Чысхаантан кырачаан тарбахчааммар алмаасчаан, 
Күүтэбин биһилэхчээн, бэлэхтээриий, Эһэчээн? 
Уонна норка шубачаан, кып-кыһыл массыыначаан, 
Баҕа санаам кырачаан. Үҥкүүлүөххэ, сэгэрчээн? 

Ээй, бары, истээрискэй, Саҥа дьыл кэлээрискэй, 
Дьолу тосхойоорускай, тапталы түстээрискэй. 
Доҕоттор түмсээриский, бииргэ үҥкүүлээрискэй. 
Чөл, чэбдик буолаарыскай, сайдаарыскай, тупсаарыскай. 

Күлүү-элэк ырыаны, кулгааҕын нөҥүө аһар, 
Улахаҥҥа уурбакка, туран тэҥҥэ үнкүүлээ. 
Сырдык ыраас Саҥа дьыл, биир сомоҕо буолуохха, 
Олох кунду түгэнин үөрүүлээхтик көрсүөххэ. 

Дьээбэни ыллаабистим, дэлби үҥкүүлээбистим, 
Тылбын куоттараабистим. Чэ буоллун, барааистин. 
Бары этэҥҥэ хаалыҥ, ыра санааҕыт туолааллын, 
Барыта хайдах эрэ бэйэтэ сатанааллын... 
Ой, арааһа ханнык эрэ атын ырыаҕа халыйааллы
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Кукрыниксы Жизнь бывает разная!  Make Do and Mend Winter Wasteland  Make Do and Mend Father  Make Do and Mend No Words  Make Do and Mend Blur  Make Do and Mend Disassemble  Make Do and Mend Stay In The Sun  Make Do and Mend Lucky 
О чем песня
Куннэй - Дьээбэ (Сана дьыл! Куннэй тыл., муз., AIO тыас-уус))))?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен