Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
"Тапталлаахпар" Сахамин 1. Наhаа үөрбүт эбиппин Мин эйигин көрсөммүн Тапталым диэн ааттанныҥ Эн уураан ылбыккар Арай уhуктан кэллим Мин харахпын аспытым Туман буолан сүттүҥ Салгыҥҥа киирэн көттүҥ, оо Х/ы Туман буолан сүтүмэ Салгыҥҥа эн көтүмэ Сүрэхпэр баар доҕорум Күүтэбин эн тапталгын 2. Оо арай түүлүм курдук Баҕа санаам туоллун Саамай дьоллоох киhинэн Күн сиригэр мин буолуом Оо кэбис өйдөөмүөххэ Олох устун хаамыахха Бириэмэ ааhан истин Көрдөрүөҕэ суолбутун Х/ы Бириэмэ ааhан истин Көрдөрүөҕэ суолбутун Сүрэхпэр баар доҕорум Күүтэбин эн тапталгын