Москва (Гимн якутской молодежи в Москве) (исполнитель: ДЭГЭРЭН)

Устудьуон буоламмын
Үөрэнэр дьоллоохпун,
Дойдум киин куоратыгар
Мин сайдар тустаахпын.
Ыраахтан кынаттанан
Мин манна кэлбитим,
Сыал-сорук туруорунан
Бу суолу талбытым.

Ситиһии аргыстаах
Айар талааннаах
Тутар дьо5урдаах
Сахам сирин ыччата
Эн бүгүн кэскилгин
Бэйэн тэринэ5ин
Кэнэ5эс олоххун
Бу манна тута5ын.

Припев:

Москва - эдэр сааһым куората.
Москва – ба5а санаам туолуута.
Эн мин сүрэхпэр куруутун
Ырыа буолан ылланыан
Эн биһигини бииргэ мустун.

Сырдыкка тардыһан
Элбэ5и үөрэтиэм,
Үрдүккэ дьулуһан
Сананы арыйыам.
Дойдум сайдарыгар
Кыһаллан үлэлиэм
Күн ахсын тупсарыгар
Бэйэбин мин аныам.

До5отторгун түмэн
Бииргэ сомо5олоон
Тулалыыр дьонноргун
Барыларын өйөөн
Биир курдук көмөлөөн
Барытын кыайыахпыт
Харса суох түсүһэн
Барытын ситиэхпит.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Coldest Night  Я буду Тебя  Ледниковый период 4  Уноси готовенького  Линда - Толкай На Любовь!  Правый 
О чем песня
ДЭГЭРЭН - Москва (Гимн якутской молодежи в Москве)?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен