Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
"Yҥкүү этэр саха кыыhа" Мирослав Егоров 1. Сирбит аптаах сибэккитэ Ситэн тупсан таҕыстыҥ Биитэр халлаан күөрэгэйэ Манна түhэн ыллаатыҥ П-в Yҥкүү этэр саха кыыhа Yчүгэйгин кэрэҕин Yмүҥ хаана сырдык ыhан Иэйэн ыллаан эрдэххин 2. Эйигинниин сиэттиhэннэр Эhиэкэйгэ киирэннэр Эмээхситтэр оҕонньоттор Эгий-дугуй хаамсаллар 3. Сардааналыы кыргыттар Сайа сырдыы сылдьаллар Ньургун хоhуун уолаттар Ньургуhуннуу нуоҕайдар 4. Субу курдук түмсэммит Субу курдук үөрэммит Эйигинниин куруутун Эhиэкэйдиэх курдукпут