Сахам сирэ барахсан (исполнитель: Иван Степанов)

Сахам сирэ барахсан
     
Иван Гоголев тыллара

Үрүҥ эһэ арҕаһыныы
Үллэр бааллаах хоту байҕал
Кытылыгар айар, ыллыыр
Сахам сирэ барахсан.

Оо, төрөөбүт күндү дойдум!
Таптыыбын эн ырыаларгын,
Хара улар хааһын курдук
Аалай кыһыл сарыалгын.

Олоҥхо да кыраайыгар
Эн хомуһуҥ тыаһын суохтуом,
Ханнык да сир халлааныгар
Эн сулускун мин булуом.

Ыалдьар күммэр мин аттыбар
Эн хатыҥын санаарҕаатын,
Үөрэр күммэр мин тулабар
Эн чыычааҕын ыллаатын.

Киирбэт күҥҥүн сүрэх курдук
Түөспэр өрүү илдьэ сылдьыам,
Көҥүл, модун Ийэ дойдум
Киэн дуолун сырдатыһыам.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Видео к песне:
Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Elephants Seeed  Strobe (Michael Woods Remix) deadmau5  All Around the World or the Myth of Fingerprints Paul  Paul (Skit) Eminem  Muscle Museum (2) Muse  He Made a Woman Out of Me Ry Cooder  Снова за мной гонится бессонница 
О чем песня
Иван Степанов - Сахам сирэ барахсан?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен