"Кэбээйибин таптыыбын" (исполнитель: Ян Гуляев, Кеша Петров и Дуня Терехова)
Солко долгун күөҕүнэн Суорҕаннанар сайыннаах, Кырса, куобах түүтүнэн Кырыаланар кыhыннаах, Элбэх күөллээх, алаастаах, Эмис собо балыктаах, - Кэрэ кэскил кыраайбын Кэбээйибин таптыыбын. Куокуй, Сииттэ, Ньидьили - Хойуу оттоох хочолоох, Үүттээх, эттээх сүөһуну Үөрдээн иитэр дьоннордоох, Мунхаhыттаах, булчуттаах, Бука бары эйэлээх – Кэрэ кэскил кыраайбын Кэбээйибин таптыыбын Бүлүү тердун хонноҕор Бугэн сыппыт баай газпыт Дойдум дьолун хаҥатар Дохсун күүhүн туhаммыт, Сангаар чоҕун cyohyrap Саха, нуучча махтаммыт, - Кэрэ кэскил кыраайбын Кэбээйибин таптыыбын. Ууттан, тыаттан бултанан Олохсуйбут ыаллардаах, Үлэ, үөрэх суолланан Үүнэр, сайдар ыччаттаах, Икки өрүс тардыыта, Илгэ-быйаҥтуоната, - Кэрэ кэскил кыраайбын Кэбээйибин таптыыбын.