Эн кэрэ бэйэҥ (исполнитель: Dimkas)
Эн эрэ кэрэ бэйэҥ, миигин уулараҥҥын Дууһабын уоскутан, санаабын көтөҕөҕүн Эн миигин кытары, көтүөх халлаанынан Кэрэ көстүү эбэн тыгыах сулустарынан Махтал эйиэхэҕэ миэхэ итэҕэйэн Тэҥҥэ барсыбыккар сүрэххинэн эрэнэн Илиигиттэн сиэтэн ыллык суолун устун Үктэнэммин оргуй инним диэкки дабайыам Припев Дьолум таҥарата эн эрэ буолаҕын, сэгэриэм Сирдээҕи эрэлим олорор олоҕум, өрүүтүн Күүттэрбит аанньалым ыллыгым аартыга, чыычаҕыам Көмүс күндү киһим сүрэҕим таптала, күнчээниэм Мин сүрэҕим олохпор биир түгэҥҥэ күүскэ тэптэ Тоҕо диэтэр олоҕор кини аналын көрүстэ Ыыппаппын ханна даҕаны күүскэ кууһан ыламмын Үөрдүөм көтүтүөм кинини мин ырыабын ыллааммын Күнчээним эн кэрэ кыыһым Мин сулуһум таптыыр сибэкким Таптыыр киһим, ахтар сэгэрим Астынабын эйиигин оргуй кууһартан үөрэбин Эн миэнэҕин, мин эйиэнэбин Итэҕэйэр таһынан толору эрэннэрэбин Хаһан сүппэт бүппэт тапталым мөлтөөбөт Сүрэҕим аналын туһугар атыттары көрбөт Күүтэбин эн кэлэргин, кэрэ чыычааҕыам Көрсөр түгэммитин, күүлэйдиир күммүтүн Түүннэри ол сулустары манаһар киэһээбитини Үрүҥ ыйдаҥа уоттарынан көрсөн хаамсарбытын