До5ор алгыhа ( remix ) (исполнитель: Кэскил Баишев)

Атастарым - олохпор күндү
таастарым,
Эhиэхэ, сүрэхтэн тахсар тылларым... 

1. Мин олохпор эhи до5отторум,
Бу сир үрдүгэр мин сорохторум,
Суолум суох. Суох, диэмэ кэбис,
Ыра санаан салайар үлэлэс,
Күндэлэс халлааҥҥа күлүмүрдэс күн уота, 
Уол о5о хорсун хотойдуу, эн хоту сир омуга,
Омуна суох ойуулаан, айан,
Оhуордаах олох уhун суолунан,
Талан, булан сатаан кубулутуон,
Булуу булуон, турун мин чулуу до5оруом,
Оҥорбутун бар дьоҥҥор умнуллубат
үгэс буоллун,
Кэс тыыннаа эдэр ыччаты, эстимэ
эйигин истэллэр,
Ким дьаныhар - дабайар ыраах, Ким итэ5эллээх - сырдык тыыннаах,
Ким сиэрдээх - ол инникилээх,
Ким түмсүүлээх - ол тирэхтээх,
Бүгүн эмиэ биир күн элэс, 
Кэлэр күн күндүнү бэлэхтэс,
Эриэккэс эдэр саастарбыт! 

Х/ы:
Көтүүй о5о хотойдуу,
Көрүүй сирбит үрдүн үөhээттэн,
Халлааҥҥа өр холкутук,
Эн дайаар уhуннук. 

2. Эдэр саас элэҥнэс күннэрэ,
Yүннүлэр ол сэргэх түүннэрэ,
Ким күлэр үлүбээй күнү кытары,
Ким номнуо арыйар кынатын,
Эhигинниин мин дьоллоох
буолуом, 
Толорон оло5у до5ор эрэлинэн,
Тэринэн тэҥҥэ, этэҥҥэ, холкутук,
Дьон этэригэр, ол кини курдук!
Судургуну сураhар буолумуох,
Суон сура5ы суорабыт иилистэ,
Эргиспит эстибэтин туhугар, тус бэйэм уурабын сыалбын,
Тутуhан кулуhун тула олорон,
Оҥорон көрбүт көрүүнү толорон,
До5отторум - ол мин сорохторум,
Саарба5а суох баарбын, умнумаҥ,
Кылгастык мин табыгастык, Алгыспын алтыhар атаспар,
Ал5аспын анда5ар гынымаҥ,
Туман иhигэр ситими сүтэримэҥ!
Туман иhигэр ситими сүтэримэҥ!
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Видео к песне:
Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Ноэмия бирхияева мечта  Не забыть мне тепла твоего очага  Судьба Арно Бабаджанян Карен Мовсесян  Ксения Шемякина я тебя не отдам  Maou detroit metal city  Дауренулы  Выселение Алина Евкурова 
О чем песня
Кэскил Баишев - До5ор алгыhа ( remix )?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен