Харыстаа (исполнитель: Адирай Рэ feat. Кеша Лебедев)
Эн уордун мин сурэхпин, аны кэлин Эн миэхэ таабырыннын, эн кемускэлин. Мин ейдуубун барытын тугу кистииргин до5оор Сатаан эппэтин да буоллар мин оннубар хоьоон. Тиэрдиэм барытын аттыгар сылаас салгын Сипсийэн атын хайысханан, эн мин аналым, Буоларгын оннук буоллун илэ. Мин санаам уерэр со5отох олохпор эйигин кербуппэр. Аны ыыппаппын ханна да, Эн эмиэ харыстаа дуу судургу тыл тапталы таптаа, Бэлэхтээ бу туун буол мин бутуннуу Туннук ненуе харана туунтэн кемускуубун. Сирим симэ5э, харыстаа сыьыаны Оло5ум кэрэ бэлэ5э ылланар ырыабар. Эн эрэ бааргын миэхэ бырах туора тункуйуу, Эйигин буламмын бу сиргэ уоскуйдум х/ы: Сэгэриэм, ыллыыр ырыабын харыстаа, Умайар уокка-теленне быра5ыма, Санаа онно кете5уллэрэ туьэрэ, Икки сурэх биир тэннэ тэбэрэ. Ырыаьыт оло5о билэбин ейдуургун, Туора харахтарга кунуулургун Оннук буолбат хаьан да, барбаппын ханна да, Сэгэриэм, ыллыыр ырыабын харыстаа. Итэ5эй, аймамма кэбирэх сурэхпин, Дьоллоох буолуом суо5а кимниин да мин. Эйигиттэн ураты кербеппун атыны, Ким да бэлэхтээбэт эн курдук тапталы. Сыьыарбаппын сыьыаммын, аны сыыспаппын, Аны бэйэм таспыттан ханна да ырааппаппын. Мин аатым эн таскар дьоллоох, Олохпут устун тэннэ хаамар суолбутун оностуох. Сирим симэ5э харыстаа сыьыаны Оло5ум кэрэ бэлэ5э ылланар ырыабар Эн эрэ бааргын миэхэ бырах туора тункуйуу Эйигин буламмын бу сиргэ уоскуйдум х/ы: Сэгэриэм ыллыыр ырыабын харыстаа Умайар уокка теленне быра5ыма Санаа онно кете5уллэрэ туьэрэ Икки сурэх биир тэннэ тэбэрэ