Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
Эһи да тулам иһийдэ Уу чуумпу уонна тымныы да күннэр Хараҥаҕа сырдык көһүннэр Ыҥырар сиргэр мин тиийиэм этэ Хаһан да хаһан да саҥаттан Көдьүйбэт көспүт кута Сойбут тыла тилиннэрэн Диэкиттэн сылаас иэлгирдэрэн Ыҥырар сиргэр мин тиийиэм этэ Припев: Кустугас уруккубун умнаммын Ааспыппын атаарбыт буоламмын Күнтэн күн күүтүөм кэмтэн кэм кэтиэм Саҥа күнүм сарсыардатын (Күнтэн күн көрбүтүн күүтүөм Кэмтэн кэм кэлбэтин кэтиэм) Үгүстэ тумаҥҥа сытар Туоратын булуоҕа чугдаар иннин Сүрэҕим этэрин истэн кэлэммин Тиһэҕэр кэмсимэппин диэҕим дуо Туохтан бу туохтан бу истиҥин Хомойбут курдук кистээтиҥ Туруммут айаммыт түмүгэр Ыҥырар сиргэр тиийэр түгэммэр Саҥа күн курдук күүтүөн этэ дуо Припев: 2х Кустугас уруккубун умнаммын Ааспыппын атаарбыт буоламмын Күнтэн күн күүтүөм кэмтэн кэм кэтиэм Саҥа күнүм сарсыардатын (Күнтэн күн көрбүтүн күүтүөм Кэмтэн кэм кэлбэтин кэтиэм)