Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
Александр Дьячковскай - Саарын тыллара Туус маҥан аккынан Айаннаан иһэҥҥин Этигэн хомускун, ырыаҕын, Амарах алгыскын Аныаҕыҥ бар дьоҥҥор Сүрэҕиҥ үөрүүнэн толору. Хос ырыата: Сарсыардааҥҥы сардаҥа тыгыыта Санааҕыттан үөрэҕин, Күн саһарҕа долгуйа тыллыыта Кэрэтик ыллыыгын. Кылыгыр симэххин Түөстэргэр кэтэҥҥин Дэйбииргин ылаҥҥын арчылыаҥ, Аан дойду кэрэтин Тойуккар туойуоҕуҥ, Тапталыҥ иэйиитин уматыаҥ. Хос ырыата. Оһуокай эргиирин Имэҥнээх үҥкүүтүн Имигэс бэйэккэҥ ситэриэҥ, Аттыгар киирэммин Тапталбын этиэҕим, Иккиэммит сүрэҕэ ыллаатын. Хос ырыата.