Сарсын-сарсын сарсыарда... (исполнитель: Сэргиэй Сибиэрэп - Кыыл Уола)

Сарсын-сарсын сарсыарда. 

Сэргиэй Зверев - Кыыл Уолун айымньыта уонна бэйэтин толоруута.

(Бу ырыа - тойугу Кыыл Уола тылыгар да, толоруллар ньыматыгар да 4 - 5 көрүҥүнэн толороро. Ол онтон бу биирдэстэрэ) 

 Сарсын - сарсын сарсыарда
 Сайар халлаан сарыыта * 
 (1 быhаарыыны көр)
 Сандал күнүм тахсыыта
 Салгын сиигэ көтүүтэ
 Субу субу томторго
 Түһүлгэлиэ түспүт ньии* 
 (2 быhаарыыны көр)
 Эһиэкэйдиир дьиэрэйбит
 Оонньуу - күлүү олоҕурбут
 Сарсын-сарсын сарсыарда
 Уруй туску олорбут* 
 (3 быhаарыыны көр)
 Саргы - дьаалыы сатараабыт* 
 (4 быhаарыыны көр)
 Субулуура томторбор*
 (5 быhаарыыны көр) 
 Хойут кэнэҕэс көрдөххө
 Ача күөҕүм лаглайыа*
 (6 быhаарыыны көр)
 Торҕоолору торолуйуо*
 (7 быhаарыыны көр)
 Дьонум сэргэм тоҕуоруйуо
 Сарсын сарсын сарсыарда
 Хатан хабараан халлаантан
 Халыар тымныы халыйан
 Тиийэхэйдээн кэлиэҕэ
 Хаардыыр маҕан барахсан
 Бүрүйбэхтээн ааһыаҕа
 Минниириктиир барахсан* 
 (8 быhаарыыны көр)
 Үгүс дьылга мүлкүллэн* 
 (9 быhаарыыны көр)
 Хаардыар маҕан баттахтанан
 Алтан араҥас уҥуоҕум
 Таҥхасыйан хаалыаҕа* 
 (10 быhаарыыны көр)
 Сарсын сарсын сарсыарда
 Оллур ини курдук дуу
 Дьыллар күннэр солбуллан
 Ааһа бара туруохтара
 Күөгэлдьийэр сайыммын
 Кыһынынан солбуллан
 Кырыа хаарынан үллүктэнэн
 Ааһа бара туруоҕа
 Олох даҕаны итинник
 Сарсын сарсын сарсыарда
 Минниириктиир барахсан
 Түһүлгэни төрүттээн
 Баардыырыктыыр норуоппар
 Ыллыам туойуом биллибэт
 Кэрэ кэрэ кэнчээри
 Кэскиллээхэй олоҕор
 Мэлдьи мэлдьи кэлэммин
 Кэккэлэһиэм биллибэт
 Сарсын сарсын сарсыарда
 Минниириктиир барахсан
 Кэнэҕэски баҕар дуу
 Очуос үөһээ олороммун
 Туойан ыллаан доргутуом
 Баҕардыыра минниирэ
 Саалыыр атым барахсан* 
 (11 быhаарыыны көр)
 Арҕаһыгар хатанаммын
 Аанныыр ийэ дойдубар
 Кэлэр кэлэр кэнчээри
 Ыччаттарбар даҕаны
 Дьоллоох олоҕу туойуоҕум
 Аанныыр ийэ дойдубар
 Көтүппэхтээн сылдьыаҕым
 Сарсын сарсын сарсыарда
 Баҕар минниир барахсан
 Тоҥнуур тоhoҕо төбөтүгэр*
 (12 быhаарыыны көр)
 Лооҥуут буолан чоргуйан*
 (13 быhаарыыны көр) 
 Ааһыам баҕар даҕаны
 Кэлэр икки үйэккэ
 Киэҥниириктиир кэскилин
 Кэрэтин туойуом баҕар мин
 Төрүөх ыччат барахсан
 Төлкөкөтүн төрүттээн
 Түстээн туойуом баҕар дуу.
 Сарсын сарсын сарсыарда
 Минниириктиир барахсан
 Кэнчээри ыччатым
 Кэскиллиирин тустарын
 Түстэтэлээн биэрэммин
 Уруй айхал этэбин
 Арахпаттыар гына да
 Алҕаталаан силэйдим
 Буолуунуктуор баҕар дуу
 Сарсын-сарсын сарсыарда
 Сарсын-сарсын сарсыарда ...

С.А. Сибиэрэп - Кыыл Уола (1900-1973)
Олоҥхоһут, оһуохай этээччи,суруйааччы,
артыыс, саха сценаҕа толоруллар үҥкүүлэрин  уонна саха фольклорун муусукатын айааччы. 

Быһаарыылар:
Сайар халлаан сарыыта 1 – күн тахсыыта халлаан сырдаан эрдэҕинэ
Түһүлгэлиэ түспүт ньии 2 – түһүлгэ (манна: ыһыах ыытыллар сирэ) тэриллибит дии
Уруй туску оло(ҕу)рбут 3 – үөрүү, дьол буолбут
Саргы-дьаалыы сатараабыт 4 - сайдыы, көҥүл буолбут
Субулуура томторбор 5 – бу томторго
Ача күөҕүм лаглайыа 6 – ача от
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Бубахшо Бахром Гафури  Del PRADO Одесса Екатерининская 23 Chanel  Рик ала гр Рассвет  Песни бока  Стань Огромным Rыk Rec bo Pistolet  Чи мешуд азизам  На Берегу Безымянной Реки Наутилус Помпилиус 
О чем песня
Сэргиэй Сибиэрэп - Кыыл Уола - Сарсын-сарсын сарсыарда...?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен