Сайынны ардах (исполнитель: Ый кыыhа)

САЙЫҤҤЫ АРДАХ
Наталья Михалева – Сайа тыллара, Уля Сергучева - Күннэй мелодията

Сайыҥҥы ардаҕы быыһынан,
Саймаарар сырдыгы аннынан
Мин ааным аттыгар кэлиэҕиҥ,
Күүтэрбэр саарааҥҥын туруоҕуҥ.
Саҥата суох ааммын аһыаҕым,
Саҥата суох утары көрүөҕүм,
Сүрэҕим битийэр үөрүүтүн
Кистээммин мин өрө тыыныаҕым...

Сайыҥҥы ичигэс ардах быыс
Сардаҥа сабыытын түһэриэ,
Аан дойду хараҕын далыттан
Ахтылҕан үөрүүтүн саһыарыа.
Саҥата суох ыга куустуһан
Саймаардар долгуҥҥа устуохпут,
Санааҕа бу сиртэн ыраатан
Күөх дуолга иккиэйэх көтүөхпүт...

Эйигин атаара тахсарбар
Сайыҥҥы кустугум мичээриэ,
Ахтылҕан аргыстаах бараргар
Сайыспыт хараҕым ууланыа...
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Видео к песне:
Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Я в садочек выйду на закате дня  Душа моя по свету мается из года  Сергей Лазарев сдавайся  Сергей Лазарев Сдавайся!  Сергей Лазарев Сдавайся! В твоей  Аида Николайчук подари на память то чего не было  Аида Николайчук подари нежный поцелуй  Аида Николайчук лови мой нежный поцелуй 
О чем песня
Ый кыыhа - Сайынны ардах?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен