билигин дьэ билинэбин (исполнитель: Уля Сергучева - Куннэй)

Эн хараххын ойуулуохпун —
Хараҥа өҥ барбат курдук,
Эн дьүһүҥҥүн хоһуйуохпун —
Уран тыл да тиийбэт курдук.
Уран тыл да тиийбэт курдук.

Хос ырыата:

Оннук өҥү булбаккабын,
Оннук тылы айбаккабын
Мин тапталбын кистээбиппин
Билигин дьэ, билигин дьэ билинэбин.

Эн хараххар тимириэхпин —
Айыы санааҥ өрө анньыа,
Эн халлааҥҥар күөрэйиэхпин —
Сиргэ аатыҥ тардан ылыа.
Сиргэ аатыҥ тардан ылыа.

Хос ырыата:

Оннук олох устан хаалыа,
Оннук халтай сааспыт ааһыа,
Мин тапталбын кистээбиппин
Билигин дьэ, билигин дьэ билинэбин.

Оннук өҥү булбаккабын,
Оннук тылы айбаккабын
Мин тапталбын кистээбиппин
Билигин дьэ, билигин дьэ билинэбин.
 Эн хараххын одуулуохпун —
Чаҕыл кыымтан чаҕыйабын
Эн сырдыккар холбоһуохпун
Түүммүн быдан ордоробун

Хос ырыата:

Оннук өҥү булбаккабын,
Оннук тылы айбаккабын
Мин тапталбын кистээбиппин
Билигин дьэ, билигин дьэ билинэбин.

Оннук өҥү булбаккабын,
Оннук өҥү булбаккабын, 
Оннук тылы айбаккабын,
Оннук тылы айбаккабын 
Мин тапталбын кистээбиппин
Билигин дьэ, билигин дьэ билинэбин.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Like That Fallon and Felisha  Утренняя гимнастика Радио СССР  Psy - gentleman русский перевод  Песня Музы из винкс Песня про маму  Александр Ермолов старый рояль  Я знаю город любви не Париж а дождливый Питер Zima  Тони раут - гримм 
О чем песня
Уля Сергучева - Куннэй - билигин дьэ билинэбин?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен