Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
1. Салгын сүүрээн салгыйа сайаҕастык саҥарар. Самаан сайын тылынан салаан ылар салбанан. Сайдам имнээх илиитэ сымнаҕастык илгийэр. Оһуор-ойуу айылҕа Оһуор-ойуу айылҕа 2. Сайа сүүрэ тыыннара, санныларга тайанан, Сыламынан илгийэр санаалары уйгуурдан, Уйгу-быйаҥ куйаартан ууна сылдьан эргийэн, Улдьаарыйа дьаарбайан, дьаалытынан кэрийэр. Оһуор-ойуу айылҕа. 3. Айгыр-силик майгыта, атаан-мөҥүөн оонньуута, Абылаҥын тардыыта, аны, урут даҕаны, Атын кэмнэр дьоннорун, амма тыыннаах куттарын, Аймаһыта күөдьүтэн, аҕыннара туойтарыа. Оһуор-ойуу айылҕа Оһуор-ойуу айылҕа 4.Кэрэ ача күөхтэри кэккэлэтэн кэбиһэн, Кэлэр дьылын кэһиитин кэмэ суохтук тосхойон, Тохтоон туран хаалбакка, толоон-ойуур аайытын, Толуу оттоох отону торолута чуоҕутар. Оһуор-ойуу айылҕа Оһуор-ойуу айылҕа 5. Оччолорго даҕаны оҕо аймах дьоннорго, Оонньуур, ыллыыр кэмнэргэ, одууланар киэргэлэ Кэрэ-нарын көстүүтэ, кэпсии турар сэһэнэ, Хоһооннорго хосуһан, хоһуйуллан этиллиэ. Оһуор-ойуу айылҕа Оһуор-ойуу айылҕа Оһуор-ойуу айылҕа