Сурэхпит Тэбэрин Тухары (исполнитель: Jeada)
Мин тылларым до5отторбор ананаллар Өрүүтүн өрө көрүн Түһүмэн аллараа Биһиги сүрэхпит тэбэрин тухары Мэҥэ сирин уолаттарын Сулустара сандаарар Аан бастаан киэн туттууум Киэн ыстаан этэ Оло эрээри ааспыта ити быһыым бириэмэтэ Оҕо сааһым сиэр тэбиитэ Ол дьарыгым мэтириэтэ Миэхэ тыынар салгыным да, Аһылыгым РЭП этэ! Ол кэриэтэ бэстэлиэтим ботуруона суоҕа Кэнники дьэ көстүбүтэ мин олоҕум миэстэтэ Сценаны кытары, микрофон олоҕум суолтата буолбута Уолгутун музыка ылбыта Ол күнтэн ылата кылаады булбут кэриэтэ мин! Рэпэрбин диэн ааттанаары барытын боруобалаатым Атыылаатым бастакы ырыабын Махтанабын атахпар турарбар көмө буолбут дьону ахтабын Саарбахтыыбын, ким миигин тохтотуой Аны миигин самнара иликкитинэ Самнарыаххыт дуо ырыаны? Мин тылларым до5отторбор ананаллар Өрүүтүн өрө көрүн Түһүмэн аллараа Биһиги сүрэхпит тэбэрин тухары Мэҥэ сирин уолаттарын Сулустара сандаарар Сымыйаны сыыйабын Арыйабын саҥа сирэйи Айабын саҥа ырыаны самнараары эрэйдэри Тэрийэбин хамсаныыны Долгуйабын доҕорум туһугар Кэлии туһугар тимирэбин доҕорум суругар! Музыкаҕа махтанабын элбэҕи да бэлэхтээтэ! Күнтэн күн саҥаттан саҥа марайдыыбын тэтэрээти Ол сүрүн түмүгүнэн бүгүн өйдүүбүн ДЖИДАБЫН - ол иһин уларытабын! Саха рэп хамсааһыны, Сааспынан аахсыман Миигин утарбат дьон аттыбыттан арахсыман, Сүүрүн сүүрээн аастаҕына барсыман Хорсуну утарсыман, Бу тэтимтэн хаалсыман! Мин тылларым до5отторбор ананаллар Өрүүтүн өрө көрүн Түһүмэн аллараа Биһиги сүрэхпит тэбэрин тухары Мэҥэ сирин уолаттарын Сулустара сандаарар.