Кэллим дойдубар (live) (исполнитель: Алик Унаров)

Байбал тыл. мел.

Сандаарар сардаҥа саҕахха төнүннэ,
Төрөөбүт мин дойдум ыраахтан көһүннэ, 
Мин кэллим, дойдубар.
Төбөбөр мунтуйбут санаам дьэ сүөрүннэ,
Агдакам иһигэр сүрэҕим мөҕүстэ,
Ыллаатым ырыабын.
                    П-в:
Айылҕа чэлгийэн тупсубут²
Мутукча сытынан тунуйбут²
Күөх халлаан кытары долгуйбут
Оллооҥҥо күөс номнуо оргуйбут

Эйиэхэ мин ырыа кэһиилээх иһэбин,
Ол ырыам тылларын төбөбөр тиһэбин,
Сөбүлүөҥ, билэбин.
Дэгэрэҥ айаммар сэлиибин эбэбин,
Аҕынным даҕаны олорор эбэбин,
Эйигин, ийэбин.

Үөрүүбүн үллэстэн чычаахтар ыллыыллар,
Көмүстээх дорҕоону салгыҥҥа ыһаллар,
Соргуну туойаллар,
Нап нарын иэйиилэр мин куппун кууһаллар, 
Ахтылҕан ырыалаах дууһабын аһаллар,
Саҥаны айаллар.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте

Открытка с текстом :
Удобно отправить или распечатать
Создать открытку
У нас недавно искали песни:
Last Breath - Attack Attack!  Schelmish Wir werden sehen  Schelmish Der Narr  Yat-Kha sodom i gomora  Les Discrets Song for Mountains  Les Discrets Sur Les Quais  Les Discrets Effet de nuit  Les Discrets La nuit muette 
О чем песня
Алик Унаров - Кэллим дойдубар (live)?
2020 © Tekstovoi.Ru Тексты песен