Мин аатым САХА (ft. Степан Мохначевский) prod by Invent & Кобяков Моисей (исполнитель: Invent)
"Мин аатым Саха" Invent feat. Степан Мохначевский Эн силистэриҥ сүрэххиттэн сиргэ тирэнэннэр Ийэ куккун Саха сирин кытары тэҥнииллэр Кырдьыктыы итэҕэйэр күүстээх норуоппут Мин аатым саха диэн буоллаҕа Х/ы Дьиҥнээх саха киhитэбин дэнэр Дьон баар дуо? Куолас иhиллэр дуо? Иhиллиий, эбиллиий, эйгэлиин билсиий Ыччаты иэйиинэн хамсатыый 1. Буу аан дойду уларыйар биhигини кытары биир тэҥҥэ Оҥорбуккун саныыллар олохтон барбыккын кэннэ Элбэх ыйытыылаахпын Yрүҥ Аар Тойон эйиэхэ Хаhыс халлааҥҥа бааргыный? Харахтарбын арыйыый, саҥардыый Бу эн оҕоҥ илиитин уунар Төлкөтүн төбөлүүрүгэр көмө көрдүү турар Өркөн өйүм силистэрин ырыа матыыбыгар Лиискэ сурук-бичик гынаммын ыйытабын Миигин билэҕин дуо, мин аатым Саха Мин аатым көх куйаар, мин аатым айылҕа, Мин аатым албын, мин аатым кырдьык саныырым барыта чахчы Мин аатым биир киhи сэттэ миллиард атыттартан Сырдатан кулууй дуу, ыйан биэриий дуу Биhиги норуоппутун кэскил курдат тутууй Мин дьылҕам эн харахтаргар өрүү баар буолуо дуо Иэйии кутаата миигин кытта буолуо дуо 2. Сулустар тыгаллар күн ахсын тэлэбииhэргэ Киhи барыта талаhар атын сирдэргэ Саха санаалара, ааттаммыт алаастара Yрүө-тараа талыллаллар көрүүлэнэн омуктарга Былыр былыргыттан барыта маннык буоларын Сэрэйэ сылдьыбыппыт сүүс сыллаах сурук нөҥүө Улуу суруйааччыларбыт урукку үйэҕэ этэ сатаан хаалбыттара Дьон уларыйыа диэн, бу кэм кэллэ, кэлии дьон элбээтэ Сыыhа өйдөөмөҥ миигин бу этэр этиилэрбин Билбэппит дойдубут тыына тупсуо дуо эбэтэр саҥа эйгэ тимирдиэ тохтотуо Хас биир киhи көрүүлэрдээх сылдьар син биир Арылларгар хаhыс да үрүҥ тыллаах кинигэлэри Бэйэҥ эмиэ этэр тыллаах киhигин Эн иннигэр бу дайдыҥ, былааҕыҥ, инникиҥ 3. Тугунан уратыгыный туох туhаны тутаҕын Бүтүн орто дойду бу тулам айан хамсатаҕын Араас санаа, араас норуот араас-араас көрүүлэрдээх Күүс көрдүүр туспа үҥэр күүстэрдээх Ол эрэн бу күн анныгар биир халлаанынан суорҕаннанан Тыл күүhүн көбүтэр итэҕэлгин элбэх тылга бүөбэйдээн Сырыттаҕа буоллахпыт саха омук диэҥҥэ итэҕэйэн