Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
Эн бардын ол атын кытылга Мин көтөн тиийбэппин сэгэриэм, Эйиэхэ курдаттыы таттараар Бэйэбин истибэт сүрэҕим... Сылааһын хаалбыта мин түөспэр Сүрэҕим анньыыта чэпчээтэ, Мөссүөнүн хаалбыта санаабар Дууһаны чэлгитэ сөргүтэ... х/ы Илин эҥэр,арҕаа эҥэр Өрүс икки кытыллара, Эн биһи икки дьылҕабыт Илин арҕаа аналлара... Көрсөрбүт көҥүлбүт буолбатах Эн биһи аналбыт бу маннык Билсибит буруйдаах эбиппин доҕоруом Олоҕу олорон бараммын... Эн бардын ол атын кытылга Мин көтөн тиийбэппин сэгэриэм Эйиэхэ курдаттыы таттарар Бэйэбин истибэт сүпэҕим... х/ы