Ньургу4ун (исполнитель: Саарын)
Ыарыыттан буолбатах, тапталтан Нүөлүйдэ, мөҕүстэ сүрэҕим, Соhуччу көрүстүм эйигин Күүппэтэх хойукку тапталбын. Х/ы Ньургуhун иккистээн тылынна, Саhарҕа үөрүүнэн оонньоото, Күөрэгэй дьырылыы ыллаата, Алааспар күөх чэчир чэлгийдэ. 2. Уматта, аймаата долгута Сааhырбыт тапталым иэйиитэ, Курдаттыы таттаран, долгуйан Эдэрбин иккистээн эргиттим 3. Сарсыҥҥы тапталтан эрэлим Кырата бэрдиттэн сөҕөбүн? Көҥүрүөх олоҕу күөдьүтэн Аналбыт албынын өйдүүбүт.