Ба5а санаа диэн этэ (Antares Rec.) (исполнитель: DIMAN)
I Кинини кытары тыгар - ол сырдык кутаа Умуллубатын, хаьан да5аны, да ханна да! Эйиигин кытары мин тулабар - урун харана. Ол эрэн, эн бааргына, мин дуьам сырдыгы талар. А5ал эрэ ытыскын, оргууй тутабын ыга . Аттыбар эн бааргына, ылланар таптал ырыата. Ба5а санаа диэн этэ, хаьан эрэ, барыта. Билигин, эн хараххар, кини умйар, тыгар... Ахтабын ырааппыты, кэннибэр хаалбыты. Ол эрэн, бу тапталым иьин, уостубат махталым! Эн ытыстаргын, хаьан да, мин ыыппаппын. Эйиигинэ суох, бу олоххо, мин тыммаппын. Эйиигин кытары туолла, бу, ба5а санаа. Хайа да5аны манньа5а атыыламмат. Суох сыаната. Уун ытыстаргын миэхэ, мин кэрэ сэгэриэм, Эйиэхэ эрэ мин олохпун бэлэхтиэм! Хос ырыата: Кэрэ киьим сылаастык кууьара, Сылытар мин дуьабын. Эн эрэ - мин тапталым! Кунду кыысчаанным, Тыгар сулусчааным, Кырачаан чыычаа5ым, Эн эрэ миэнэ, Уйэлэргэ! II Сэгэрбэр этиэ5им, эйиэхэ "утуе сарсыарда!". Алыптаах тууну атааран, котобут ырайга. Сэрэнэн эмиэ имэрийэбин иэдэстэргин, Маннайгы курдук, эмиэ, кыбыстан тэтэрбит. Билэ5ин? Билигин эйиэхэ эмиэ этиэ5им, Хайдэх курдук миэхэ кундугун, олус кэрэ5ин. Кун сиригэр, мин сурэхпэр, эн эрэ итэ5эй. Эн тапталын наада миэхэ, салгыным кэриэтэ. Кетебун санаабар, ол киэн куйаарга. Эн миигин дьааттаатын, тапталгынан туймаардан. Эйиигиттэн уратыны, аны булбаппын... Эйиигинэ суох, сатаан аны, утуйбаппын... Эйиигин кытары туолла, бу ба5а санаа. Эн эрэ буола5ын, мин дьолум, оло5ум суолтата! Уун ытыстаргын миэхэ, мин кэрэ сэгэриэм. Эйиэхэ эрэ мин олохпун бэлэхтиэм!