Отсутствует (исполнитель: Неизвестен)
Jeada aka Saas Ustar Эруу ахсын бастакым курдук кэрэбун Майабын, Кинигэ курдук кинини арыйабын, Таабырын кэриэтэ мин дойдубун таайабын, Кини тугу кистиирин сатаан таайбаппын, Айбыттара эйиэхэ ырыаны элбэхтэ, Аны мин айабын, кэцуллээ, бэлэхтээ Элбэхтэ умнуллубат куннэрдэ, Мин санаабар, хомойор эссэ эрдэ, Кэрдэллэр эйиигин, ол эрээри мин Майам, Билэ5ин, дьон кэпсээнэ уксэ сымыйа, Байа сатаарылар ордук хоттороллор, Тэбэлэрун кирдээ5инэн толороллор, Ону ол диэбэккэ иннин эрэ диэки Уца биэрэккэ турар Майам сайын, Сайдан ис, туругур, эрэ та5ыс, Эскэтун сыыьабын, бырастыы ал5ас... Бэлэхтээ сылааскыттан, мин арааската, Сатаан арахсыбаппын эн алааскыттан, Эн баьаалыста, бэрис сылааскыттан, Мин Майам, кэрдэьэбун, баьаалыста... Мин Майам эйиигин аьары да ахтабын, Сыл ахсын кэрэбун эрээри син биир ахтабын, Инникигин биэримэ, хайа урдуттэн туьумэ, Сутумэ, тумацца кубулуйума, умнума, Кэлэр кэскилгин кэрун, Хаьан да хаамыма кэннин диэки, тэттэру, Сэптэру сэбулээ, сыыьаны кыйдаа, Ардахтаах Майанан хаамабын, тацаьым сытыйда, Арыый да киэьэлик биэьиэлэй тиийэбин Дьиэбэр, мин Майам таптыыбын эйиигин, Туох да диирим суох, арай а5ыйах тыл, Мин Майам, кини уонна тыал, Ыл миигин илдьэ бар ыраах, Ыра санаам онно мэнээх таах, Сэбирдэх кэриэтэ эн уларыйымтыан Миэхэ5э бырастыы гыныа барытын...