Таптаатым (исполнитель: Сиэйэ Уола)
Алыптаах да чуумпу киэһэлэр Тапталы эрийэр этилэр. Эдэр саас кытылга мустара, Сүрэххэ сүрэх тэбэрэ. хос ырыата: Таптаатым,эйигин таптаатым, Эн нарын бэйэҕин таптаатым, Сып-сырдык мичээргин таптаатым, Күн сирин эйиэхэ бэлэхтиэм. Сааскы күн сыламныыр уоттара Эн хара хараххар оонньуура, Уп-уһун суһуоҕуҥ таайтаран Ыһыллар мэник тыал тыыныгар. Эн кэрэ бэйэҕин таптааммын Ыллыыбын уруйдаан-айхаллаан. Сиккиэр тыал эргийэ көтүһэн Иэдэскэр тапталбын сипсийдин.